Форум
-
Xарысхан 14:19 08.05.09 / 10.177.1.43
Танара илиитэТанара илиитэ
Ответить
Айыы тойон Танараттан айдарыллан,
Одун хаантан оноhуллан,
Чыныс хаантан ыйаахтанан,
мэнэ халлаан аанын аhан,
сырдык, ыраас сардаңага биhиктэнэн,
сиргэ кэллэ,куоххэ түстэ о5о киhи.
Буутун этэ буhан,сиhин этэ ситэн,
холун этэ хойдон,оркон ойо сытыыланан,
итэ5элгэ,Айыыларга дьону түмтэ,
аймахтары,омуктары сомо5олоон,
кэскил,сайдыы аанын аста,
халың хахха,суон-дурда буолла.
Чингис хаан
Куммутт ыйбыт та5ыста.
Чингис хаан
Конулгэ суолу тэллэ.
Чингис хаан
туорэхпитин олорто
Чингис хаан
Киhи- хара буоларга
айар-тутар кыа5ы биэрдэ.
Чингис хаан
Сарын-сарынтан ойонсонн
Ньыгыл кэккэгэ тумсуо5уң.
Инсэ-обот,туокун киhи,
хоргус сүрэх,таннарыахсыт,
бэйэ-бэйэни түhэн биэрии,
баайы-дуолу ылыы, сырсыы,
сидьин быhыы,ТИТИРЭСТЭЭ.
Биhигини,конул-аймах дьону,
коочүктэнэр дьолу сырса,
куомчулэммэт конул санаа куттаах,
илгэ-эйэни туругурда,
уруй-айхал ырыа ыллаан,
Айыылартан алгыс ылан,
халын хахха, суон дурда буолан сирдиир.
Кэм кэрдии аанын аhан,
билинни оло5у коруо УЛУУ КИhИ-
быhыы-майгы сатарыйбыт,
талабырдьыт табыллыбыт,
албын-туокэй тойон буолбут.
Маны корон кэлэйиэ5э,абарыа5а-
Киэбин устан,сиргэ түhэн,
дьону дьолго,итэгэлгэ,Айыыларга
түмэ тардыан ба5арыа5а.
Оччо5уна,
мэңэ халлаан аанын аhан,
сырдык ыраас сардаңа5а биhик ыйаан,
сиргэ кэлиэ,куоххэ туhуо ого киhи,
халын хахха, суон дурда буолуо.
Новая тема